Сценарий утренника " Золотая осень" для детей дошкольного возраста
Просмотр содержимого документа
«Сценарий утренника "Золотая осень"»
Музыкальнай зал 13.10.2016 с «Кустук» белех, «Семицветик» детский сад
Орто белех «Кемус куьуну керсе»
Зал куьуццулуу киэргэммит. Музыка до5уЬуолунан о5олор киирэн олоппосторун таЬыгар тураллар.
Ырыа Осень
о5олор ыллаан баран бары олороллор.
ЫЫТААЧЧЫ:
Куех сайын бутэЬик куннэрэ
Тымныыта, тыала да сурдээх,
Ургубут уер чыычаах кэриэтэ,
Урэллэ кетте сэбирдэх.
Утуе кунунэн кунду о5олоор ! «Кемус куЬуну атаара» - диэн ааттаах бугуццу керуубутун са5алыыбыт.
Ол курдук кунду кырачаан о5олорбут туерт сааскытын томточчу туолан мацнайгы улэ5итигэр хас сарсыарда аайы сабыс — саца детсадка кэлэ5ит. Сарсыарда боруогу атыллаан «Утуе кунунэн» диэбитинэн иитээччилэргитинээн керсуЬэ5ит. . .
ЫЫТААЧЧЫ:
Самаан сайын барахсан
Сайа охсон аастага тургэниэн
Кемус куЬун, кулэн — уерэн
Тийэн кэллэ биьиэхэ
Кемус куЬун )) Отон тэллэй))
Кунду куЬун)) Олус дэлэй ))
Кулэн уерэн))) Айыына Кэлиий Эллэй)) Петрис
Кестен кэллэ)) Онон барыах ))
Отоннуохпут))
Тэллэйдиэхпит))
Дьоммутугар)) Кеша
туЬалыахпыт))
ЫЫТААЧЧЫ:
Керуц эрэ о5олоор, биьиэхэ ким эрэ ыксаан ахан иЬэр. Бол5омтолоохтук керуе5уц — истиэ5иц, ба5ар биЬигиттэн киниэхэ кеме наада буолуо.
(зал иЬигэр эрийэ — эрийэ былыт киирэр, аа — дьуо тохтуур уонна);
БЫЛЫТ:
Мин кырабын керумэц, тымныы былыппын. Тугу эмит ба5арыам да барытын толорунабын. Эьиги урдугутугэр ардахтыахпын да сеп.
ЫЫТААЧЧЫ:
Былытчаан тохтоо, уоскуй. Арда5ы о5олорго туЬэримэ. БиЬиги о5олорбут куЬун туЬунан ырыа ыллаан иЬитиннэриэхтэрэ.
«КуЬун» ырыа.
Ессе билигин кинилэр эйиэхэ уцкуулээн кердеруехтэрэ, чэйиц эрэ о5олоор уцкуугэ туруоххайыц эрэ.
«КыыЬырсыбыт эйэлэспит»
(паараннан уцкуу)
БЫЛЫТ:
ОО наЬаа да маладьыас о5олоргут! БаЬыыбаларыц о5олоор, кэрэчээн ырыа5ыт, уцкуугут иЬин. Аны билигин миигин кытта оонньууга ыцырабын барыгытын.
Былыт оонньотор кэмигэр кыратык фоновай музыка тыаЬыыр.
БЫЛЫТ:
«Кун уонна ардах» - диэн оонньууга ыцырабын.
БЫЛЫТ:
Маладьыастар наЬаа учугэйдик оонньоотугут дии. Ессе биир оонньуулаахпын «Сэбирдэ5и хомуй» - диэн.
Мин билигин кемус куЬун хонуутун тэлгэтиэм, онтон эЬиги о5олор ол хонууттан сэбирдэхтэри миэхэ хомуйан биэрээриц.
ЫЫТААЧЧЫ:
О5олор наЬаа маладьыастаргыт, Эьиги ессе дьиэ5итигэр тереппуттэргитин кытта араас учугэй сэлээппэ оцостубуккут дии онтукабытын кэтэн биЬиги билигин ыалдьыппытыгар кердеруеххэйиц эрэ.
( хас биирдии о5о5о сэлээппэ кэтэрдэн баран тегуруччу хаамтарабыт).
БЫЛЫТ:
То5о ба5ас кэрэтэй, учугэйэй. Мин наЬаа да сэргэхсийдим, Онон эЬиэхэ ардах туЬэрбэппин уонна кэЬиибин биэрэбин.
Кесуеххэ диэри о5олоор !
ЫЫТААЧЧЫ:
Манан дьоро чааспыт тумуктэнэр. Барыгытын хаартыска5а туЬэргэ ыцырабыт.