kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Сценарий утренника " Шапокляк бэлэ5э "

Нажмите, чтобы узнать подробности

Сценарий утренника 8 марта " Шапокляк бэлэ5э" для детей старших и подготовительных группах детского сада

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Сценарий утренника " Шапокляк бэлэ5э "»

МБДОУ д/с79 «Лучик»

Дополнительные группы «Семицветик»













Сценарий утренника 8 марта

«Шапокляк бэлэ5э»

Старшая якутская группа «Кустук"

































г.Якутск 2018







Буолар кунэ: Кулун тутар 5 кунэ

Буолар сирэ: Музыкальнай зал;

Буолар бириэмэтэ: 09ч30м;

Музыкальнай зал бырааьынньыктыы киэргэммит, ыытааччылар киирэллэр.

1 ыытааччы: Салгын оонньуур

Алаас кулэр,

Дьэргэлгэн дьэ тустэ

Мин тапталлаах

Ийэм кунэ

Бугун эмиэ ууннэ!

2 ыытааччы: О5о бары кунун аайы

Ийэлэрин уертуннэр

Сырдык куннуу

Сылаас саастыы

Ийэм кулэ мэлдьи уердун

( Уолаттар киирэллэр уонна шахматтыы икки эрээккэ тураллар тураллар кыраьыабайдык)

1 ыытааччы: Кунду ийэлэрбитин, эбээлэрбитин, эдьиийдэрбитин уонна балтыларбытын, барыгытын кэлэн иьэр сааскы бырааьынньыгынан итиитик-истинник э5эрдэлиибит!

Кеша: Ийэ диэ кунду киьи

Киниэхэ тэннээх ким баарый

Ийэ диэн кун курдук киьи

Кинини еруу харыстаарыый.

О. Саргылаана: Сурэххэ баар кундуну

Дууьага баар сырдыгы

Олоххо баар кэрэни

Аныыбыт эьиэхэ кунду

Ийэлэрбит, эбээлэрбит.

Сайан: Саала уу чуумпутун

Кэрэ ырыа аймыа5а

Кыыс о5о кынтайа

Кылбаара хаамарын

Кемустээх кун уота арыаллыа

2 ыытааччы: Бугунну уеруулээх куннэ дохсун ытыс тыаьынан керсуе5ун биьиги белех кэрэчээн кыргыттарын!

(Кыргыттар суурэн киирэн уолаттарга кэлэллэр)

Ырыа: « Мин о5о саадым»

Полька ( Ункуулээн баран олороллор)

Шапокляк киирэр: Бу туох бырааьынньыгай? Мин хойутаабатым да? Наьаа да элбэх дьоллоох ыалдьыты керебун детсад эмиэ киэргэммит дуу?

1 ыытааччы: Бугун биьиги кунду ийэлэрбитин. Эбээлэрбитин, эдьиийдэрбитин, балтыларбытын, кэрэчээн кыргыттарбытын э5эрдэ

лээри муьуннубут.

Шапокляк: Миигин ыныраргытын

Эмиэ умнубуккут!

Миигин хомоппуккут сурдээх!

Билигин миин кырыысабын Ларыысабын таьаарар буоллум!

Кини эьиги бырааьынньыккытын буортулуо! ( Куттуур)

2 Ыытааччы: Шапокляк биьигини бырастыы гынаргын кердетебут. Биьиги эн кэлбиккэр эмиэ олус диэн уердубут. Эн биьиэхэ кунду ыалдьыккын, биьиги эйиэхэ уонна кунду ийэлэрбитигэр анаан ырыа ыллыырбытын иьит.

Ырыа: « Мин ийэм»

Шапокляк: Дьэ кырдьык ырыа5ытынан миигин уертугут! Мин эмиэ эьиэхэ кэьиилээх кэлбитим.Тапталлаах о5олорбор астык тутуурдаах кэллим. Билигиин…………. ( Тахсар уонна икки пакеттаах киирэр)

О5олор биьиги инники кэскиллэрбит! Кинилэри элбэхтик, минньигэстик битэмииннээх аьынан аьатыахтаахпыт! ( Оьуобунна минньигэс беруегунэн!)

(Пакеттарыттан продукталары таьаарар: горох, фасоль, лимон, гочица. Кутчуп, сымыыт. Бурдук, саахар) – бу маны буккуйан наьаа минньигэс беруек буьараллар.

1 Ыытааччы: Хайдах бу а5албыккынан минньигэс беруек тахсыай?

Шапокляк: Тахса тахсар! Бу барыта тапталлаах оголорбор.

2 Ыытааччы: Ба5ар остуоруйаларга , бу астартан беруек тахсара дуу, онтон биьиги о6олорбут маннык беруегу сиэбэттэр. Бу маны барытын холбоон хайдах да беруек оноьуллубат!

Шапокляк: Соторутаа5ыта Крокодил Генаны уонна Чебуращканы кундулээбитим бу беруекпунэн. Олус диэн хай5аабыттара. Онтон арай ол кэнниттэн кинилэри керсубэтэ5им, сутэрбитим, кинилэри ыалдьыбыттарын арай истибитим!

1 Ыытааччы: Оо, сыыьа аьы аьаан аьы аьаан ыарыйдахтара. Билигин биьиги маннык гыныа5ын: о5олоор, билигин эьиги бэйэ5ит талан ылыаххыт мантан беруек оноьулларыгар септее5у!

Шапокляк: Сеп, сеп, чэ буоллун да5аны!

Оонньуу: « Беруек оноьуллар бородууктатын сепке талан ыл» ( 2 о5о, 2 ийэ).

2 Ыытааччы: Чэ Шапокляк биьиги билигин септеех аьы таларбытын бэрэбиэркэлэс.

Шапокляк: Сеп, сеп, мин кинилэртэн ордук талыам этэ.

1 Ыытааччы: Беруекпутугэр септеех аспытын таллыбыт. Онтон ким астыыр?

Шапокляк: Мин астыам! Эьигини керен ейдеетум, эьиги талбыт астаргытыттан баран тиэстэ охсон беруекпун астыам!

( туора диэкки хайыьан баран этэр) Эьиэхэ бэссиэм суо5а! ( уонна тахсан барар).

2 ыытааччы: Биьиги бырааьынньыкпытын сал5ыыбыт:

Виолетта:

О5олоор, ийэбит сынньаннын,

Олус сылайыа сынньаннын.

Оьо5у ьэйэбит оттуо5ун,

Остуолу иьити сууйур5ун.

О.Саша:

Маспытын бэйэбит кыстыа5ын,

Муостаны бэйэбит харбыа5ын,

Ол кэннэ бары мустаммыт,

Оргууйдук оонньуо5ун.

И.Саяна:

О5олоор чуумпурун,

Оргууйун олорун.

Хоьооннорбутун маамаларбыт

Бол5ойон истэннэр уеруехтэрэ.

Сахайаан:

Ийэкээ, эйиэхэ этэбит.

Истинтэн – истин хоьооннору.

Эйиигин олуьун таптыыбыт,

Таптыахпыт уйэ саас тухары.

Арсен:

Эн кэрэ да5аны киьигин,

Кун тэнэ биьиэхэ кундугун.

Эн кэрэ ырыа5ын

Мэлдьи истэр курдукпун.

Куннэй:

Бу бугун биьиги о5олор

Ийэкээ эйиэхэ ыллыыбыт.

Кун тэнэ биьиэхэ кундугун,

Кэрэттэн – кэрэ5ин туойабыт!

Сахалыы ункуу



1 ыытааччы: Биьиэхэ бу уеруулээх куннэ эбээлэр эмиэ бааллар. Кинилэри биьиги ийэлэрбит, а5аларбыт – ийэлэрэ буолаллар. Ол аата бу куммут кинилэргэ эмиэ ананар. ( хоьоон аа5аллар ).

О.Алеша

Эбээ эрдэ уьуктар,

Эбээ хойут утуйар.

Эбээ курдук тубуктээх,

Эбээ курдук улэлээх

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.



Петя

Эбээ дьиэтин дьаьайар,

Эбээ сиэнин харайар.

Эбээ курдук эйэ5эс,

Эбээ курдук сайа5ас.

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

Оонньуу эбээлэри кытта

2 Ыытааччы: Соторутаа5ыта эмиэ биир бырааьынньык буолан ааспыта – « А5а дойду кемускээччилэрин кунэ» Бу куннэ биьиги кунду а5аларбытыгар эмиэ э5эрдэ тылларбытын тиэрдэбит.( хоьоон аа5аллар).

Патрис:

Аьыныгас санаалаах

Алама5ай майгылаах

Айар тутар ыралаах

Амньыраабат дууьалаах

Айыылартан анаммыт

А5абытын таптыыбыт.



Айыы Сиэн:

Болгуо курдук былчыннаах

Бухатыырдыы быьыылаах

Чээлэй чэбэр тиэргэннээх

Чэгиэн чэбдик олохтоох

Айыылартан анаммыт

А5абытын таптыыбыт.



Олимпий:

Ебугэттэн уетуулээх

Ере тутар угэстээх

У5араабат кууруулээх

Уоттаах телен сурэхтээх

Айылгаттан анаммыт

А5абытын таптыыбыт.

Ырыа: « Моряк буолуом»

1 Ыытааччы: Биьиги ба5арыа этибит бугунну кун эьиэхэ элбэх уеруулээх тугэннэри хаалларыан, эьигини о5олоргут олус диэн таптыыллар, эьиги бол5омто5ут кинилэргэ олус кунду буолар.

Ункуу – хоровод « Светит месяц»

Ийэм кунэ кэллэ5инэ

Кыьын бутэр,

Ийэм кунэ кэллэ5инэ

Саас буолар.



Ол аата ол аата

Мин ийэм, мин ийэм.

Сааьы кытта, куну кытта

Бииргэ сылдьар, бииргэ сылдьар.

Кун кубэй ийэлэр,

Кыталык курдук кэрэ кыргыттар,

Э5эрдэлиибит эьигини,

Эбээлэр, ийэлэр, кыргыттар

Куннэринэн,

Кэрэ сааскы бырааьынньыгынан!

2 Ыытааччы: биьиги бугунну сааскы ийэлэр куннэригэ аналлаах тугэммит тумуктэнэр.

( Шапокляк киирэр)

Шапокляк: Тохтоон! Тохтоон!

О5олоор, мин мин эьиэхэ минньгэс беруекпун а5аллым!

1 ыытааччы: Олус учугэй! Шапокляк биьиги тар5аьаары олорбуппут. Хата эн успейдаатын.

Шапокляк: Ба5аран туран

Кыьаллан туран

Эьиги кеме5утунэн

Минньигэс беруекпун

Амсата а5аллым!

( ыытааччыга биэрэр).

2 Ыытааччы:Кунду ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр кэрэ бэлэхпитин туттарабыт.

1 Ыытааччы: Бугунну уеруулээх куннэ Межнациональнай проекка ситиьиилээхтик кыттыбыт тереппуттэргэ уонна о5олорго дипломнары, сертификаттары туттарарбытын кенуллээн!

2 Ыытааччы: Манан кэрэ тугэммит тумуктэнэр. Аныгыс керсуеххэ диэри.




















Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Дошкольное образование

Категория: Мероприятия

Целевая аудитория: Дошкольникам.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Сценарий утренника " Шапокляк бэлэ5э "

Автор: Александрова Диана Владимировна

Дата: 20.10.2018

Номер свидетельства: 481321


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Проверка свидетельства