Мэнэ-Ханалас улууьа
Майатаа5ы «Чуораанчык» уьуйаан
Олонхонон оонньуулар
Ааптар: Чупрова М.И., иитээччи
Майа с. 2018 сыл.
Иннокентий Теплоухов – Тимофеев «Кулун Куллустуур» олонхонон айымньылаах остуол оонньуута.
Онньуу о5о билиитин – керуутун кэнэтэргэ, билэр – керер ба5атын, тылын – еьун сайыннарарга кеме буолуон сеп. Ону тэнэ беле5унэн улэ5э туьаннахха, о5олор бодоруьар кыахтарын урдэтиэххэ сеп. Оонньуу барыыта, ис хоьооно о5олортон тутулуктаах буолан, о5о бэйэтин салайынар уонна айар сатабылларын сайыннарар кыахтаах.
Ааптара: Чупрова М.И.
Сыала: Остуол оонньуутун кеметунэн олонхо туьунан ейдебул о5о5о ейугэр-санаатыгар хатанан хааларын ситиьии. Олонхо дьоруойдарын уобарастарын о5о куолаьынан, сирэйин-хара5ын уларытан тиэрдэрин ситиьии, тыл саппааьын байытыы, кэпсиир, айар дьо5урун сайыннарыы.
Анала: 4 уеьээ саастаах о5олорго.
Туттуллар матырыйаал: ватман кумаа5ыга гуашь кыраасканан уруьуй. Хас биирдии дьоруой тас кестуутэ, танаьа-саба бэйэтин ураты оло5ор сеп тубэьэр.
Олонхо дьоруойдара куклалар.
Анала: 3 - тэн уеьээ саастаах о5олорго.
Быьаарыыта: куклаларга араас еннеех танастан сахалыы сон, кэьиэччик, халадаай былааччыйа тигилиннэ. Хас биирдии кукла тас кестуутэ, танаьа-саба бэйэтин уратыта.
Сыала: кукла кеметунэн олонхо туьунан ейдебул о5о5о ейугэр-санаатыгар хатанан хааларын ситиьии. Дьоруойдар уобарастарын о5о куолаьын, сирэйин-хара5ын уларытан кэпсэтэрин ситиьии, тыл саппааьын байытыы, кэпсиир, айар дьо5урун сайыннарыы.
«Олонхо дьоруойдара» мааскалар, танастар.
Быьаарыыта: Саха Саарын тойон, Сабыйа Баай хотун, Туйаарыма Куо, Урун Уолан бухатыыр, абааьы бухатыыра Уот Уьутаакы мааскалара пенополистероль, папье-маше техниканан оноьулунна. Танастара олонхо дьоруойдарыгар сеп тубэьиннэрэн танастан, тууттэн тигилиннэ.
Сайыннарар кыахтара: «Олонхо дьоруойдара» мааскалар ордук театрализованнай уонна режиссерскай оонньууларга туттуллар аналлаахтар. Бу мааскалары о5о 4-5 сааьыттан туттуон сеп. Ол курдук тереппут остуоруйа кэпсииригэр, олонхону билиьиннэрэригэр бу мааскалары туьанан, о5отун тылын-еьун, иэйиитин сайыннарыан сеп. О5о 5 сааьыттан мааскалары кэтэн, олонхону бэйэтэ аа5ар, кэпсиир кыахтанна5ына, тыла-еье, кэпсиир уонна айар дьо5ура сайдар.
Олонхо дьоруойдара (домунуо).
Оонньуу быраабылатын тутуьан, о5о сатаан былаанныыр, хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын сайыннарар. Бу оонньууну элбэхтик туьаныы о5о хас биирдии хардыытын былааннанар, тургэнник толкуйдуур, дьо5урдарын сайыннарыан сеп. О5о олонхо геройдарын керен, ааттарын билэ уерэнэр.
Анала: 5-6 саастарыттан уеьээ саастаах о5олорго.
Оноьуута: 8*4 см кумаа5ыга олонхо геройдарын ойуута.
Сыала: «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олонхо геройдарын керен билэрин ситиьии. О5о ахсааны билэригэр, керен ейдуур дьо5урун сайыннарыы. Тумсуулээх буоларыгар уерэтэр.
Оонньуу барыыта: домунуо умса ууруллар. Оонньооччулар 5-тии домунуону талан ылаллар. Биир-биир ойуулара сеп тубэьэринэн керен хаамыылары онороллор. Ким домунуота эрдэ буппут, ол кыайыылаах тахсар. Туьэр кэмнэ о5о дьоруойун олонхо тылынан ойуулуон эмиэ сеп. Домунуо муннуктарыгар тегуруктэри аа5ан ахсааны аа5арга эрчиллэр.
«Дьеьегей о5ото» хамсаныылаах оонньуу.
Анала: 5-7 саастаах о5олорго аналлаах.
Туттуллар матырыйааллар: саха сылгытын араас дьуьуннээх ойуута (тебе5е кэтиллэр мааскалар). Туттарардаах кутуруктар.
Сыала: Ебугэлэрбит сылгыны араас дьуьуннэ араралларын билиьиннэрии: саалыр, сиэр, элэмэс, сур, ке5еччер, хара эьэ... О5ону эт-хаан еттунэн сайыннарыы, бэйэтин сымсатык тутарын ситиьии.
Быьаарыыта: Сылгыьыт талаллар, о5олор «ат» буолаллар. Араас дьуьуннээх аттар ойууламмыт ободуоктарын тебелеругэр кэтэллэр, кутурук иилинэллэр. Иитээччи о5олорго аттарын дьуьунун быьаарар. Ат буолбут о5олор тобуктарын ере кете5ен суурэллэр, - «Сыспай сиэллээхпин, субуллар уьун кутуруктаахпын» диэн санараллар. Сылгыьыт о5о аттары эккирэтэр. Туппут атын дьуьунун таайыахтаах.
«Эрчимэн Бэргэн» С. Васильев – Борогонскай олонхотунан остуол оонньуута.
Анала: 5-7 саастаах о5олорго.
Оноьуута:30*42 см (А3 форматка) оноьуллубут Эрчимэн Бэргэн сырыылара ойууланар.
Туттуллар тэрилэ: Кубик, фишкалар.
Сыала: Эрчимэн Бэргэн олонхо дьоруойдарын билиьиннэрии. О5о ахсааны билэригэр, керен ейдуур дьо5урун сайыннарыы. Тумсуулээх буоларыгар уерэтэр.