Ийэ күнүгэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа
Музыка тыаһыыр, о5олор иккилии буолан сиэттиһэн киирэн олоппосторго олороллор.
Ыытааччы: Үтүө күнүнэн күндү о5олор, ийэлэр, эйэ5эс эбээлэр! Биһиги бүгүн ийэлэр күннэрин бэлиэтээри муһуннубут.
Ийэттэн са5аланар киһи төрдө, аал уот, алаһа дьиэ. Кинини кытта биһиги саамай истиң, сырдык иэйиилэрбитин ситимниибит. Ийэбит мөссүөнүн хас биирдиибит сүрэхпитигэр илдьэ сылдьабыт. Ийэбит күүстээх тапталын уонна кыһамньытын уурбутун хаһан да умнуо суохтаахпыт.
Күндүтүк саныыр, күн күбэй ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр анааммыт «Ийэ күнэ» диэн ырыаны ыллаан иһитиннэриэхтэрэ.
Ыытааччы: Тус Хоту олохтоох
Олонхо дойдулаах,
Оһуохай ырыалаах
Сахалар биһиги
Үрдүктэн ситимнээх
Сайа5ас санаалаах
Омуктар буолабыт.
Күн тэңэ киһини
Ийэни чиэстиибит
Күн сирин кэрэтэ
«Ийэ» баар дэһэбит.
Хоһооннор.
Оонньуу: «Куолаһынан, о5о5ун таай»
Ыытааччы: о5олоргут куолаһын эһиги, ийэлэр, кыра эрдэхтэриттэн көрбүт-истибит дьон олох эндэппэккэ билэр буолуохтааххыт. (ийэлэр о5олоругар көхсүлэринэн биир эрээтинэн олороллор).
Билигин эһиги о5олоргут «ийээ» диэн саңарыахтара, ону эһиги, ким о5ото буоларын таайыахтааххыт.
Дьэ, маладьыастар, бары сөпкө таайдыгыт.
Ыытааччы: күһүммүтүн, ийэлэр күннэрэ, күһүңңү дэнэрин быһыытынан, ахтан-санаан ааһыа5ың.
Ырыа: «Барыбыт ийэлээхпит» – бары.
Ыытааччы: Чээлэй күөх сибэкки
Кэрэтин талан
Ийэбэр бэлэхтиэм
Истиңник иэйиэм
Ийэкэм барахсан
Мин биэрбит бэлэхпин
Сүрэ5эр тутуо.
Хоһооннор.
Ыытааччы: Кыыс о5о барахсан
Кыталык курдук
Нарын-намчы
Биһиги кыргыттарбыт
Күн күбэй ийэлэригэр анаан
Үнкүүлээн көрдөрүөхтэрэ
Ыытааччы: билигин аны таабырынна таайсыа5ың.
1. Быалаах шариктары
Мээрэйдиэххитин ба5ара5ыт дуо?
Кинилэр наһаа үчүгэйдэр
Ийэ5ит шкатулкатыгар сыталлар (о5уруолар).
2. Кустук араас өңүнэн
Күлүмүрдүү оонньуур
Ийэ кулгаа5ар иилинэр
Кыраһыабай киэргэл (ытар5а)
3. Кини кытыытын
Хонуута дииллэр
Онно сибэккилээх
Төбө5ө кэтиллэр
Ийэ5э баар дииллэр (сэлээппэ).
4. Уу кутуллан
Оһоххо ууруллар
Тумустаах, тутаахтаах
Аһыырга остуолга
Хайаан да ууруллар (чаанньык).
5. Күнүһүн эбиэккэ
Тэриэлкэ5э кутуллан
Бастакынан иһиллэр
Ийэ буһарбат аһа (миин)
6. Ырбаахыны, бүрүүкэни
Имиллибитин көннөрөр
Дьиэ5э-уокка туһалаах
Эрэллээх до5ор (өтүүк).
7. Көбүөрү, диваны
Түргэнник ыраастыыр
Уһун шланга муннулаах
Быылы барытын оборор
Ийэ5э көмөлөөх (пылесос).
Хоһоон
Ырыа: «Ийэм миэнэ кыраһыабай» – кыргыттар.
«Мастер-класстар»:
1. «Капкейк киэргэтии»,
2. уолаттарга аппликация,
3. аппликация «Ийэ5э бэлэх» ,
4. «Фоторамканы киэргэтии» ,
5. «Баттах өрүү».
Ийэлэри кытары уңкүү.
Бэлэх туттарыы, хаартыска5а түһүү.
Ыытааччы: Биһиги ийэлэрбитин наһаа таптыыбыт, ийэ- саамай чугас, күн курдук киһи буолар. Эһиги баар буолаңңыт – олох сала5анар, таптал уонна махтал ананнын эһиэхэ.
Ба5арабыт эһиэхэ бар5а махтал тылларынан, сахабыт сирин алмааһыныы кытаанах бигэ доруобуйаны, сырдык ыраас тапталы, саппа5ырбат ыра санааны, үөрүү-көтүү аргыстаах уһун үйэлээх дьоллоох оло5у.