kopilkaurokov.ru - сайт для учителей

Создайте Ваш сайт учителя Курсы ПК и ППК Видеоуроки Олимпиады Вебинары для учителей

Доклад на тему "Сиибиктэ"

Нажмите, чтобы узнать подробности

Доклад о лекарственном растении хвощ полевой, о свойствах растения, применения в народном хозяйстве и в быту как лекарство

Вы уже знаете о суперспособностях современного учителя?
Тратить минимум сил на подготовку и проведение уроков.
Быстро и объективно проверять знания учащихся.
Сделать изучение нового материала максимально понятным.
Избавить себя от подбора заданий и их проверки после уроков.
Наладить дисциплину на своих уроках.
Получить возможность работать творчески.

Просмотр содержимого документа
«Доклад на тему "Сиибиктэ"»


1 чааьа

Киириитэ

Проблемата : Сиибиктэ диэн уунээйи туьунан теье билэбитий?

Сыала соруга: Саха сиригэр уунэр сиибиктэ диэн уунээйи туьата, туохха туттуллара, хайдах усулуобуйалаах сиргэ уунэрэ.

Актуальноьа: Биьиги олорор айылгабыт мунура суох эмтиир куустээгэ сункэн улахан билиини биэрэр.

Чинчийэр методтар: Олохтоох библиотекалартан туьааннаах литератураны булан уерэтии.

Аан тыл

Биьиги тереебут дойдубут, Сахабыт сирэ биир дьикти ураты кестуулээх айылгалаах дойду буолар. Манна кыьыммыт тогус ый,сайыммыт ус ый усталаах. Кыьынны да, сайынны да кэмнэр бэйэлэрэ эмиэ араас дьэрэкээн кестуулээхтэр. Кыьынын сир дойду барыта муус манан куба туутэ хаарынан буруллэр, сарсыардааны чагылхай кун уотугар араас еннеех бытархай тааьы ыьан кэбиспит курдук кулумурдээн кестер. От-ма хаар сагынньага эмиэ кылабачыйан киьи эрэ уеруех санаата кынаттанан кетер.

Сайынын куегунэн силигилээбит ойуур быыьынан кундэлэс кун уота уеьэттэн чагылыйа тыгар. Сибэкки ситэн, от-мас силигилээн турдагына салгын дыргыл муеттээх сытынан туолар. Араас кетер – суурэр саната, чыычаах ырыата дьырылаан айылгабыт ессе кэрэтийэр, тупсар.

Киэн алаастар, сыьыылар сыспай сиэллээгинэн, хорогор муостаагынан туолаллар. Хонууга ого-аймах суурэр – кетер. Дьон дуоьуйа оттуур, сынньанар.



2 чааьа

Сиибиктэ

Саха сиригэр уунэр араас элбэх уунээйи керунуттэн мин биир борустуой эрээри ураты дьикти суолталаах уунээйи туьунан кэпсиэхпин багарабын. Бу уунээйи аата сиибиктэ диэн. Атыннык боруу от диибит. Нууччалыыта хвощ.

Э.Пекарскай тылдьытыгар боруу от араастаан тылбаастанар эбит:

Боруу

  1. Хвощь (сиибиктэ, омнуона);

  2. Хвощь полевой – боруу от;

  3. Гусятник (трава из вида хвощей) – хаасаьылыга (гусиная трава – особый род нежного хвоща, составляющий любимую пищу гусей,также коней, коров и даже медведей);

  4. Хараборуу – черный хвощь, самый крупный вид, достигающий человеческого роста; считается хорошим кормом для коров, которые дают много молока. Кони тоже любят его, но страдают по мнению местных жителей «шатуном» - это паралич задних ног. Якуты не кормят им одним, а смешивают с другими травами.

«Сиибиктэ бэйдиэ ууммэт уонна уунэр сирэ да олус талбалаах эбит. Сиибиктэ харыйа сиигин уот сиэбит сана курунар уунэр. Уонна курунна атын сана талахтар, мастар ууннулэр да сиибиктэ сутэр эбит. Курунтан атын сирдэргэ хаа-дьаа онно-манна бытыгыраан уунэр.

Сиибиктэ текунук умнастаах, боруу курдук суьуехтээх куруук куех от уунээйи. Амтана уоьах амтаныгар маарынныыр. Сурдээх хойуу сумэлээх. Ол иьин да олонхо хоьоонугар сиибиктэ от кун сирин киэргэлэ буолар эбит:

Уолбат уулаах,

Охтубат мастаах,

Кыьыл кемус кылдьыылаах,

Сиибиктэ от симэхтээх – диэн.».1

Сиибиктэ дьонно да суеьугэ да, чуолаан сылгыларга, олус туьалаах эмтээх уунээйи быьыытынан биллэр. Мин Саха сирин биир биллиилээх эмчитэ Владимир Алексеевич Кондаков «Аар айылга эмтиир кууьэ» диэн кинигэтигэр сиибиктэ дьайыытын туьунан суруйбут кэпсээннэриттэн кылгастык холобур агалыахпын багарабын.

«Сэттэ сыл сиибиктэгэ»

Былыр биир киьи бултуу сырыттагына ата ыран, елере бу кэлбит. Онуоха Куенэхтээх диэн урэххэ оттоого буолуо диэн тиийэн кэлбит да ото соччо суох буолан биэрбит. Манна мунчаара олордогуна олохтоох биир огонньор тиийэн кэлэр уонна атын Куенэхтээх курунар сиибиктэ хаьыытыгар илдьэн ыытан кэбис диэн субэлиир. Ологонньор субэтин еьургэнэ истэр, онуоха огонньор: «Сатыы сылдьыаххын багардаххына багар мин тылбын истимэ. Итэгэйбэтэргин бастаан керен кэл. Онно эмиэ биир айанньыт кетехтербут атын хааллара барбыта», - диир.

Киьи атын сиэтэн кере барар. Тиийбитэ биир эмис сылгы хаьан аьыы сылдьар эбит. Ону кереет атын хаьыыга ыытан кэбиьэр. Манна икки кес эргимтэлээх харыйаны уот сиэбит сиригэр сиибиктэ беге ууммут эбит. Ый ааспытын кэннэ атын тута теттеру кэлэр. Ол иьэн атым елбутэ буолуо диэн иьигэр куттана саныыр. Арай атын кербутэ киьи билбэт буолуор диэри уойан хаалбыт. Ону керон киьи сурдээгин соьуйбут, сехпут. Уонна огонньор тылын дьэ итэгэйбит. Ол кэнниттэн бу Куенэхтээххэ сэттэ сыл устата сиибиктэ хаьыытыгар 150 сылгыны кыстатан туруорбуттар.

1 В.А.Кондаков «Аарайылгаэмтииркууьэ», стр 29. 2009.



Сылгы сиибиктэни элбэхтик сиэбэт эбит. Сурэгэр туьэрэр сурдээх сумэлээх от. Сиибиктэ хаьыытыгар сылдьар сылгы аьара уойар, телеьуйэр эбит.

«Кенул сылгылар»

Ессе биир кэпсээн: «Кенул сылгылар». Биирдэ саас былдьаьык сагана Кириискэ огонньор аргыс уоллаах Бодойботтон Елуехумэгэ айанныыр. Баран иьэн Чаллыынка диэн урэххэ хас да келелере улаханнык быстараллар. Ол быстарбыт сылгыларын хаалларан арыый сэниэлээх сылгыларын ыныырданан салгыы Елуехумэ диэки туьэ тураллар. Били быстарбыт сылгылар сайыьаннар сытан эрэ инэрсиьэ хаалаллар. Сорохтор тураары унуехтэьэллэр да кыамматар.

Ити кэмтэн ыла туерт сыл ааьар. Чаара эбэнкилэрэ Кириискэ огонньорго илдьит ыыталлар: «Чаллыынкага бырахпыт келелерун бутун уер сылгы буола уескээтилэр. Суеьулээх киьи суеьулэргин харай», - диэн. Кириискэ огонньор итинник илдьити истэн былыта суох халлаанна этин сааллыбытынаагар ордук дьиктиргиир. Саарбагалаан баран икки киьилээх сылгыларын сылгылыы барар. Тиийэн балай эмэ кердеемехтеен баран, кинилэр хаьан аьыы сылдьар сылгы уерун кереллер уонна уерэ туьэллэр. "Дьол харага суох диэн ити буоллага», -диэн огонньор олус уерэр. Сылгылар киьи санатын истээт соьуйан хантас гыналлар да, кыыл таба курдук, ыстанан кээьэллэр.

Кириискэ огонньор бу кыыллар тугу аьыыр эбиттэрий диэн атыттан туьэн кербутэ, сылгылар сиибиктэни хаьан сиир эбиттэр. Ону керен баран Кириискэ иьигэр: «Солбонуйбуту торолутар, елееру гыммыты еруьуйэр от бу баар эбит», - дии саныыр. Сылгыьыттар сынньана туьэн баран сылгылар суолларын устун ыстаннара тураллар.



Хонуу боруута

«Хонуу боруута киьи Салгын Кутугар учугэйдик дьайар эбит, ол курдук Салгын Куттан куьаган дьайы, харананы куускэ тэйитэр, ыраастыыр.

Хонуу боруута тыа сагатыгар уунэр, элбэх салаалаах уонна намчы, уута агыйах. Саха эмчиттэрэ хонуу боруутун буер уонна хабах ыарыыларын эмтииргэ туьаналлар эбит.

Биир сабар хаппыт хонуу боруутун биир лиитир ууга оргутан баран куннэ устэ орто ложканан иьэллэр.»





























3 чааьа

Тумук тыл

Саха сирин биир эмтээх уунээйитэ сиибиктэ урукку ааспыт кэмнэртэн дьон ологор-дьаьагар улахан суолталаага биллэр эбит. Ага саастаах дьон олохторун устатыгар мунньуллубут билиилэрэ-керуулэрэ билигин да биьи олохпутугар туьаныллыа диэн эрэнэ хаалабыт. Бу уунээйилэри интэриэьиргээн уерэтэр, олоххо туттар буоллахха олус туьалаах буолуо.

































Туьаныллыбыт литературалар:

  1. В.А. Кондаков, «Аарайылгаэмтииркууьэ» Я., 2009

  2. Разнообразие растительного мира Якутии. – Новосибирск:Изд. СО РАН, 2005,- 328с.

  3. Сонин, Мамонтов, Учебник по биологии 7 класс. Изд. «Просвещение», 2012.

  4. Э. Пекарский, Словарь якутского языка, том 1,.1959.







6



Получите в подарок сайт учителя

Предмет: Биология

Категория: Прочее

Целевая аудитория: 6 класс.
Урок соответствует ФГОС

Скачать
Доклад на тему "Сиибиктэ"

Автор: Васильева Клавдия Григорьевна

Дата: 27.05.2017

Номер свидетельства: 418850


Получите в подарок сайт учителя

Видеоуроки для учителей

Курсы для учителей

ПОЛУЧИТЕ СВИДЕТЕЛЬСТВО МГНОВЕННО

Добавить свою работу

* Свидетельство о публикации выдается БЕСПЛАТНО, СРАЗУ же после добавления Вами Вашей работы на сайт

Удобный поиск материалов для учителей

Ваш личный кабинет
Проверка свидетельства